Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Валентин Макаров - Маҥнайгы уураһыы (С.Николаев муз., Н.Михалева хоһ., И.Иванов аранж.) | Текст песни

МАҤНАЙГЫ УУРАҺЫЫ Печать
Наталья Михалева – Сайа тыллара

Эн баар буолаҥнын, көмүһүөм,
Эргиччи мастар күп-күөхтэр,
Оннооҕор хатыылаах дөлүһүөн
Сибэккилэрэ тэтэркэйдэр.

Хос ырыата:

Эйигин мин маҥнай уураабыт
Куһуҥҥу тыйыс киэһэбэр,
Тымныы тыал эмискэ уурайбыт
Түгэнин өйдүүр инигин.

Ол онтон ыла тымныынан тыынан
Оннооҕор күһүн даҕаны
Киэһэлэрин итинэн наҕыллык
Уматаллар ыйдаҥаны.

Хос ырыата.

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-