Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Валерий Ноев - Быраһаай күөх сайын барахсан | Текст песни

Үөһэнэн ааһаллар турууктуу
Туруйалар.
Куруук күөх дойдуга көтөллөр,
Ыллыыллар:
«Быраһаай күөх сайын барахсан,
Эһиил көрсүөххэ диэри».
Төрөөбүт маардарын үрдүнэн
Кырыйа көтө
Кырдьаҕас туруйа эппитэ
Кэриэһин:
«Баҕар мин эргиллиэм суоҕа,
Быдан дьылга бырастыы!»
Арай уол туруйа аҕатын
Санаатын көтөҕөр:
«Суох, аҕаа, төннүөхпүт биһиги
Эргиллэн,
Быраһаай, күөх сайын барахсан!
Эһиил көрсүөххэ диэри».
Кэрэ саас эргиллиэ,
Кэлээриҥ,
Мин күүскэ кэтэһиэм,
Оччоҕо көрсүһүү ырыатын ыллыахпыт,
Ол кэрэ кэмҥэ дылы, этэҥҥэ
Эһиил көрсүөххэ диэри!
Быраһаай, күөх сайын барахсан,
Эһиил көрсүөххэ диэри!

Другие названия этого текста
  • Валерий Ноев - Быраһаай күөх сайын барахсан (0)
  • Валерий Ноев - Быраһаай күөх сайын барахсан (0)
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Популярное сейчас
Видео
Нет видео
-