Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Валерий Ноев - Мин дууһам ыллыыр | Текст песни

Оттуур сирим ситэр кэмэ
Кэллэ, дьэ кэллэ,
Кэтэспиппит биһи бары
Кэрэ сайыны.

Хос ырыата:

Мин дууһам ыллыыр,
Күөх халлаан ыллыыр.
Күөрэгэйим эмиэ ыллыыр,
Күнүм ыллыыр,
Эмиэ ыллыыр.

Кэрии тыаҕа кэҕэ этиэ ,
Чыычаах көрүлүө.
Кэрэ кэмим тиийэн кэллэ —
Күүһүм дьэ күүрүө.

Хос ырыата.

Хоҥор муостаахпыт — ходуһаҕа,
Сыппайбыт элбиэ,
Дойдум аайы, сирим аайы
Үлэ ньиргийиэ.

Хос ырыата.


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 7
Популярное сейчас
Видео
Нет видео
-