Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Ванс Иванов - Эдьиийиэм (Омук уолун тыл., Айгылаан мел.) | Текст песни

Устар олох суолугар дьыл5а - туерэх араастаах,
Арыт о5о кыратыгар туран хаалар тулаайах,
Ийэ тэцэ киьибит эн буолбутуц эдьиийбит
Сурэххинэн - быаргынан хаан айма5ы ылынан.

Этиэм этэ, эдьиийиэм, ийэ тэцэ кундугун,
Ырыа истиц иэйиитинэн этиэм этэ мин бугун.
Дьоьун мааны киьибит, дьолго куустар еруутун!
Этиэм этэ, эдьиийиэм, ийэ тэцэ кундугун.

Махтал тылын тиэрдээри амалыйан эрэбин,
Эн ылыммыт тубуктэриц тиллибитин этэбин.
Эдьиий, эдьиий барахсан, ийэбитин солбуйбутуц,
Бэйэц да олоххун умнан кыьал5аны булбутуц.

Мин ейдуурум тухары эн кыьамньыц тула5а,
Кууьар еруу курдары эн сурэ5иц сылааьа,
Ебугэттэн ыйдаран кэс тылларын кэспэтиц,
Аартыкпытын арыйан кэскилбитин кэцэттиц.

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-