Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Ваня Трофимов - Санаалар(DBN music) | Текст песни

"Санаалар" Ваня Трофимов

1. Сөбүлээбэппин мин сэнииллэрин
Элбэх буолан мөрөйдүүллэрин
Буруйдаах да буоллун баҕардар
Охторон баран көмөлүүллэрин
Сөбүлээбэппин сирэй көрбөх
Саhылыкаан албын мэйиилэри
Иннибэр ньылаҥнас хаптаҥнас
Кэннибэр астына үөҕээччилэри

Х/ы Астынабын айдаарсан да баран
Ааппын-суолбун ыыппат дьону
Айакалыыр кэмнэрбэр аахсыбакка
Атастыы курдук көмөлөhөллөрүн

2. Сөбүлээбэппин сымыйаччылары
Албын-көлдьүн дьоннору
Эппит тылларыгар да турбат
Эрэдэттээх эрэттэри
Сөбүлээбэппин сирэй көрбөх
Саhылыкаан албын мэйиилэри
Иннибэр ньылаҥнас хаптаҥнас
Кэннибэр астына үөҕээччилэри

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2
Популярное сейчас
Видео
Нет видео
-