Тоҥмот-хаммат сахам ата
Тоҥуу хаартан үктэл тэбэр,
Тымныы айан иитин көрсөн
Оноҕостуу субуруйар.
Табыгырас хомус туйах
Дууһам кутун ыга тутар,
Сахам сирин кыһыҥҥыта
Иэдэстэрбин иһэлитэр.
Хос ырыата:
Кылбаҥнатан сиэлэр,
Айаннатан сүүрэр, атым —
һат! һат!
Сындыыстанан сырсар,
Сирилэтэн ситэр, сылгым —
Һат! һат!
Кэтит, дьоҕус сахам ата
Сүрэх-бэлэс мааны дэтэр,
Алаас ахсын кымньыылыырбар
Эбэн биэрэр, бырдааттанар.
Тыбыырара, айааһыыра
Силлиэ тыаллыын алтыһаллар,
Долгуһутар дьикти түгэн
Миэхэ эрэ хатыланар.
Хос ырыата:
Дьоруолатан ойор,
Долгуһутан көтөр, атым —
һат! һат!
Дьигиһитэн дайар,
Бурҕаҥнатан куотар, сылгым —
Һат! һат!
Ваня Трофимов еще тексты
Видео
-
Ваня Трофимов - "Сахам ата"
Ваня Трофимов "Сахам ата" Сиэн Тиитэп мелодията. В.Власов тыллара. Тоҥмот-хаммат сахам ата. Тоҥуу хаартан үктэл тэбэр,
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2