Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Василий Еремеев - Сайынны тyyн | Текст песни

Күндү күммүт күлүмэ
Күлүк сиргэ күрэннэ
Тумус тыабыт күлүгэ
Толоон уҥуор хоһунна (?).

Хос ырыата:

Тыына суохтук тыыннаахтыы
Мичээр күнтэн астынан
Оттуун, мастыын, чыычаахтыын
Утуйарга бардылар.

Сырдык чуумпу сайыҥҥы
Түүҥҥү кэммит эргийдэ.
Күөҕү кэппит сайылык
Өссө күүскэ киэргэйдэ.

Хос ырыата.

Үрүҥ туман халыйан
Үрэх үрдүн бүрүйдэ.
Уҥуор турар харыйа
Онно бүгэн кирийдэ.

Хос ырыата.

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2
Видео
Нет видео
-