Төҥүлү (Лэкиэс тыллара уонна матыыба)
Дойдубун ахтаммын чуҥкуйа сытабын
Нэлэмэн эбэбин түүһээммин көрөбүн
Сардаанам күлүмнүүр долгуҥҥа уйдаран
Төҥүлү эбэбин олустук аҕынным
Сардаанам күлүмнүүр долгуҥҥа уйдаран
Төҥүлү эбэбин олустук аҕынным
Кыра оҕо сылдьан оонньообут кырдалбын
Ыраах тэйэн баран ахтабын саныыбын
Балыктаах күөллэрдээх нэлэмэн эбэбит
Үөрүүлээх көтүүлээх эдэркээн саастарбыт
Куруутун сайда тур тапталлаах мин дойдум
Үйэлэр тухары тупса тур Төҥулу
вк кан
Вероника Степанова еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1