Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Владимир Борисов - Уруккуну сергутэн | Текст песни

1. Ол ааспыт сайыны долгута санатан
Хараҥа халлааҥҥа соҕотох ый устан
Санаарҕыыр санаабын сырса батыhан
Ыгаллар сулустар
Билэбин сэгэриэм, ол түүнү өйдүүгүн
Эйиэнэ буолбаппын миэхэҕэ диэбиккин
Эйигин санаатым, аҕынным бу бүгүн
Тапталым эбиккин
Эйигин кэтэhэн ырыабар мин сүтэн
Бу сиргэ мин баарбын, таптыыбын
Эн эрэ сүрэххин сөргүтэн, санааҕын эргитэн
Төннөргүн саныыбын, таптыыбын, таптыыбын

2. Сороҕор доҕоруом олорон соҕотох
Саныырыҥ буолуо дуо ахтаҥҥын миигин эн
Эргийбэт иккистээн биhиэхэ бу олох
Сөргүйэр ол эрэн
Этимэ, этимэ тугу да этимэ
Билэбин сэгэриэм, көрдүүбүн элбэҕи
Баҕардар кэлиэҕэ биhиэхэ дьол кэмэ
Кэтэhэр сүрэҕим
Кэлэргэр эрэнэн ырыабар мин сүтэн
Бу сиргэ мин баарбын, таптыыбын
Эн эрэ сүрэххин сөргүтэн, санааҕын эргитэн
Төннөргүн саныыбын, таптыыбын, таптыыбын

3. Эн кэрэ мөссүөнуҥ сүрэхпэр
Эн нарын аатыҥ санаабар
Эйигин көрөбүн мин түүлбэр
Эн бааргын аттыбар

Владимир Борисов еще тексты


Другие названия этого текста
  • Владимир Борисов - Уруккуну сэргутэн (0)
  • Владимир Борисов - Уруккуну сергутэн (0)
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-