Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Гаврил Николаев - Эргэрбит Хартыскалар | Текст песни

Эргэрбит хаартыскалары эмиэ ылан көрөбүн
Эргийбэт дьоллоох сылларбын эймэнийэ ыллыыбын
Санаан кэллим оҕо сааhым саппаҕырбат кэмнэрин
Саарыгырар саҕахтарын, сырдык бэлиэ күннэрин

П-в Оспот баастыы, одун тыллыы
Отой хаалбат оҕо сааhым
Куппун-сүрбүн кутурутан
Куруук аймыыр кулуhунум

Эгргиллэбин мин санаабар элэккэй оҕо сааспар
Эйэлээх кэрэ сылларбар, эриэккэс ахтылҕаммар
Эргэрбит хаартыскалары эмиэ ылан көрөбүн
Эргийбэт дьоллоох сылларбын, эрэллээх доҕотторбун

П-в Дьоллоох буолун доҕотторум
Дьоhун-мааны дьон дэтиҥ
Ыра санаам ырыатыныы
Ыраас сырдык ыллыктаныҥ

Оспот баастыы, одун тыллыы
Отой хаалбат оҕо сааhым
Куппун-сүрбүн кутурутан
Куруук аймыыр кулуhунум

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-