Сахам сирэ дьоллоох тускуга
Саһарҕалыы ыҥыра ыллыыр.
Илинтэн арҕаа ол кустуга
Алмаас таас курдук сандаара сырдыыр.
Хос ырыата:
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Россия киэн туттуута,
Өркөн-өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!
Хос ырыата.
Үллэр үөстээх Өлүөнэ Эбэ
Өлбөт мэҥэ угуттуур уулаах.
Элбэх омукка эрчим эбэр,
Или-эйэни олохтуур уохтаах.
Хос ырыата.
Ааспыт кэммит айхаллаах суола
Арчылыыр аар алгыһын биэрдэ.
Сахабыт сирэ дьоһун, дуолан
Сайдыы аартыгар түөрэҕэ түстэ.
Государственный концертный оркестр РС еще тексты
Другие названия этого текста
- Сахалар - Саха Сирин Өрөгөй ырыата. Республика Саха (Якутия) (0)
- Государственный концертный оркестр РС - Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута (0)
- Гимн - Республики Саха (Якутия) (0)
- Кирилл Герасимов - Савва Тарасов и Матвей Тимофеев, Владимир Фёдоров - Гимн Республики Саха (Якутия) (0)
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1