Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Дапсы - Сырдык-хараҥа мөккүөрэ | Текст песни

Ол суордар хара суордар
Миэхэ түүлбэр кииримэҥ
Мин уубун көтүтүмэҥ
Мин түөспүн уматымаҥ
Мин тыыммын ытатымаҥ

Эһигини көрдөхпүнэ
Тиллэн кэлэр ааспыт бурҕа
Ийэ ытыыр сүрэҕэ
Оҕо муммут хараҕа
Күүстээх күүһүн өһүллүүтэ
Өйдөөх өйүн мөлтөөһүнэ
Сырдык-хараҥа мөккүөрэ

Күөллэр халыҥ муустара
Хаантан ууллан быһытталлар
Тыалар чиргэл мастара
Хаантан кууран бараналлар
Сэмнэхтэргэ мэһэйдэтэн
Ходуһалар үүммэттэр
Өлүктэргэ бүөлэтэн
Үрүйэлэр сүүрбэттэр

Эһигини көрдөхпүнэ
Күнүм сүтэр халлаантан
Күүгээн тохтор былыттан
Кутаа ытыыр саҕахтан

Түннүгүҥ хара хоруо
Үөлэһиҥ хара хоруо
Боруогуҥ хара хоруо

Ол суордар хара суордар
Миэхэ түүлбэр кииримэҥ
Мин уубун көтүтүмэҥ
Мин түөспүн уматымаҥ

Ол суордар хара суордар
Миэхэ түүлбэр кииримэҥ

Дапсы еще тексты


Другие названия этого текста
  • Дапсы - Сырдык-хараҥа мөккүөрэ (0)
  • Дапсы - Суордар (0)
Видео
Нет видео
-
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2