Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Дапсы - Хаастар көтөллөр | Текст песни

Хаастар көтөллөр. Халлаан айманар.
Хахсаат былыттар, хантан иһэҕит?
Хаҕыс баҕайы сиккиэр дьааһыйар.
Этим сааһынан, киириэн баҕарар.
Күһүн иһээхтиир. Күнүм барахсан, көмүс дуйдара,
Күөлгэ сөтүөлээн долгун урсунун сырса оонньуура.
Таайан саныыбын.
Төрөөн түһэргэр, тугу даҕаны, туруу дойдуга тутан кэлбэккин.
Олох олорон мантан бараргар, биири эмэни бэйэм киэнэ диэн илдьэ барбаккын.
Олох систэрэ төрөөн түспүттэр, өркөн улууһа
киһи-аймаҕы атын ыйаахтаан айбыт эбиттэр.
Таайсан билсиһии. Таптаан холбоһуу.
Ааспат ахтылҕан, Айан суоллара. Турар хайалар.
Көһөр былыттар. Көстөр күөх халлаан.
Киһи буоламмын, үөскээн кэлэммин,
маны барытын көрөр дьоллоохпун.
Хаастар көтөллөр. Cанаам сайыһар...

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 4
Видео
Нет видео
-