Анастасия Варламова тыллара
Кыһыл көмүс күһүҥҥэ сайынныын арахсар
Бпир дьикти түгэҥҥэ айылҕам иһийэр.
Оччоҕуна дууһабар туоххаһыйа, долгуйа
Дойдубун ахтарым күннэтэ күүһүрэр.
Хос ырыата:
Мин аҕам алааһар, Лэбийэм күөлүгэр
Аар хатыҥ күлүгүн көрүнэн эрдэҕэ.
Алааһым кытаҕар хатыҥнаах чараҥар,
Отуутун таһыгар, оллоонун аттыгар,
Хотуурун таптайар, табаҕын уурунар
Уонна, дьэ, оргууйдук бугулун бэрийэр.
Xос ырыата.
Хас биирдии бэйэбит улаатан бараммыт
Тус-туспа дьылҕалаах дьон буолан сылдьабыт.
Ол эрэн дууһабар, сүрэхпэр өрүү баар
Умнубат өйдөбүл - аҕабыт алааһа.
Хос ырыата.
Дохсун еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 3