Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Екатерина уонна Алексей Егоровтар - Куотума. КҮҺҮҤҤҮ МУЗЫКА | Текст песни

КҮҺҮҤҤҮ МУЗЫКА
Наталья Михалева – Сайа тыллара

Сир тиһэх мичээрин иҥэрэн
Саһархай сэбирдэх тоҕунна.
Үрүйэ уутугар уйдаран
Курустук, холкутук уһунна.

Хос ырыата:

Тыаһа суох бу мааны ардахтан,
Дууһаны долгутар чуумпуттан
Тылынна күһүҥҥү музыка
Ураты уйаҕас аймалҕан...
Үрүйэ тымныйбыт сүүрүгэ
Бу кэрэ түгэни илдьимэ.
Сир тиһэх саһарҕа мичээрэ
Букатын миигиттэн куотума...

Туох эрэ кэпсэммэт кэрэҕэ
Кыттыһан сүрэҕим сырдаата.
Күлүмнүүр саһархай алыпка
Мин санаам күүһүрэ умуста...

Хос ырыата.

Сир тиһэх мичээрин иҥэрэн
Саһарбыт сэбирдэх тоҕунна.
Үрүйэ уутугар уйдаран
Курустук, холкутук уһунна...

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Популярное сейчас
Видео
Нет видео
-