Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Екатерина уонна Алексей Егоровтар - Махтал эйиэхэ, Сахам Сирэ | Текст песни

МАХТАЛ ЭЙИЭХЭ, САХАМ СИРЭ! Печать
Леонид Попов тыллара

Махтал эйиэхэ, Сахам сирэ!
Ийэ буоргар миигин төрөппүккэр,
Ийэлии эйэҕэс көрө-истэ,
Иһирэх тыллары эппиккэр!

Хос ырыата:

Махтал буоллун эйиэхэ, Саха Сирэ!
Утахпын ханнарбыт уйгулаах уугар,
Аһаппыт-сиэппит көтөр-сүүрэр,
Булкар-аскар, ойуургар, хонуугар!

Махтал эйиэхэ, Сахам Сирэ!
Кыталыгыҥ ыллыыр мин сүрэхпэр,
Бу махтал эйиэхэ, Сахам сиригэр!
Аар-аҕам, күн-ийэм буолбуккар!

Хос ырыата.

Махтал эйиэхэ, Сахам Сирэ!
Дьолбун үөрүүбүн толору биэркэр,
Мин төрүөм этэ Сахам сиригэр,
Иккистээн төрүүрүм да буоллар!

Хос ырыата.

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-