Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Екатерина уонна Алексей Егоровтар - Эйиэхэ мин ырыа бэлэхтиэм | Текст песни

ЭЙИЭХЭ МИН ЫРЫА БЭЛЭХТИИМ
Христофор Горохов тыллара

Эйиэхэ мин ырыа бэлэхтиим
Нуһараҥ үүт тураан сарсыарда,
Хомуспун сахалыы этитиим
Сүүс араас куолаһы чугдаарда.

Эйиэхэ мин ырыа бэлэхтиим
Маннайгы күммүтүн эргитэ,
Ол ааспыт сыллартан мичээрдиим
Күн ууруур ыллыгын сэгэтэ.

Эйиэхэ мин ырыа бэлэхтиим
Дьолбутун кубалыы сырдата,
Инники кэммитин симэтиим
Сибэкки ыһыаҕар суулата.

Эйихэ мин ырыа бэлэхтиим
Эн ааккын үйэҕэ ааттата,
Дьылҕабар иэйиинэн ыалдьыттыым
Бу сырдык санаабын салҕата.

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2
Популярное сейчас
Видео
Нет видео
-