Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Замир Санаа - Харыстаа (2015) | Текст песни

Харыстаа

1.
Харыстаа, эйиэхэ ылларбыт сүрэхпин,
Өйдүү сатаа, оҕотук санаалаах мэник бэйэбин,
Хаххалыам эйигин туманнартан, хараҥаттан,
Харыстыам ордук көрөр хараҕым харатыттан.
Баар буолуом, тиһэх сөкүүндэбэр дылы тулуйуом,
Эрэйдэри ыарыылары барыларын уйунуом,
Көмө буолуо саатар биир таммах хаалбыт тапталын,
Харыстаар сүрэхпин төһө да хал буолларгын.
Эрэннэрбэппин толору дьоллоох сырдык олоҕу,
Ардыгар буолуохтара эрэйдэр, мэһэйдэр,
Тулуйан олоруохпут төһө да ньиэрбэбит кэһэйдэр,
Үүнүөхтэрэ син биир хаһан эмит үтүө күннэр.
Билэбин мичээрин сүүйбүтүн уйан сүрэхпин,
Чуҥкук олоҕум анаабыт кэрэ бэлэҕэҕин,
Харыстаа ытыскар баар ылларбыт сүрэхпин,
Өйдүү сатаа өйбүн тута илик мэник бэйэбин.

Хос ырыата:
Ардахтаах да буоллун, хаардаах да буоллун,
Харыстаа эн тускар ыалдьар уолгун,
Тиһэх күммэр дылы таптаа,
Кынаттаа, харыстаа...

2.
Төһө да күн ахсын таптыырбын эппэтэрбин,
Көрсүбүт буруйум диэм суоҕа эйигин,
Айдаан айбардыа, дьиэ иһин ыһыа,
Сүрэх ытыа, ол эрэн сиинэ биир таптыа.
Илиигин уунуоҥ хаста эмэ иэдэспэр охсуоҥ,
Уоскуйуоҥ, онтон мин хараҕын уутун сотуом,
Ыга кууһуом, тобукпар олордуом,
Саҥарбакка уоскутуом, сылааспар суулуом.
Төһө да акаарым иһин ылын миигин,
Көрбөтөҕө буолумарыый таптыыргын сэрэйэбин,
Билэбин саатар кыратык үөрдэрбин,
Төһө да ол иэйиигин миигиттэн кистээтэргин.
Аҥаардас биир мичээр олоҕу уларытар,
Сырдатар күн сирин, сырдыкка халтарытар,
Харыстаа ытыскар баар дьолу уонна тапталы,
Өйдүү сатаа оҕотук санаалаах бу акаарыны...
© З.Алексеев

Замир Санаа еще тексты


Видео
Нет видео
-
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1