Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Ийэ мичээрэ - Ангелина Файрушина (минус) | Текст песни

Ийэ мичээрэ өрүү истиҥ кэрэ,
Күн уотуттан мэлдьи күндү курдук,
Көй ыраас салгынтан күүстээх курдук өрүү
Ийэ,ийэ мичээрэ күндү,кэрэ.

хос ырыата:

Ийэ мичээрэ элбэххэ үөрэтэр:
Эйэҕэс буоларга,эйэни буларга,
Сырдыкка эрэ сыдьаайа сылдьарга
Ийэ,ийэ мичээрэ сырдык кэрэ.

Ийэ мичээрэ искэр иҥэрэр
Олоххо тапталы,бар дьоҥҥо махталы,
Эр хорсун санааны,эрэллээх буолууну.
Ийэ, ийэ мичээрэ истиҥ,кэрэ.

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
    Нет видео
    -