Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Ирена Файрушина - Эппэтэх тылларым | Текст песни

1. Олус диэн долгуйар мин этим
Биир кэрэ хап-хара харахтаах уолчаантан
Эйигин көрсөммүн эйиэхэ этиэхтээх тылларбын
Мин кыайан эппэтим
Бу сиргэ эн эрэ сүрэхпин долгутар
Тапталбын ытатар эбиккин
Кэрэтиэн олохпор эн баарыҥ сүрэхпэр
Бу сиргэ эн эрэ эн баарыҥ

П-в Эн кэрэ мичээргэр мин аныам
Бу ырыам ыралаах тылларын
Эйигин көрөммүн долгуйан
Мин кыайан эппэтэх
Эппэтэх тылларбын
Эн кэрэ мичээргэр мин аныам
Бу ырыам ыралаах тылларын
Эйигин көрөммүн долгуйан
Мин кыайан эппэтэх
Эйиэхэ эппэтэх тылларбын

2. Олохпор көрсүбүт мин күндү доҕоруом
Бу иэйэр тапталбар уйдаран
Эн тиийиэҥ этэ дуо
Ол тыгар сулустар
Чаҕылхай ньуурдарын батыhан
Ол эрэн мин кыайан эппэтэх тылларбын
Бу кыра ырыабар ыллааммын
Эйиэхэ тиэрдиэм дуо
Доҕорбор тиэрдиэм дуо
Тапталбар аналбар эйиэхэ

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
  • Саша Лукин, Стас Ноев feat. Филл - Эппэтэх тылларым.avi Саша Лукин, Стас Ноев feat. Филл - Эппэтэх тылларым.avi
    Саша Лукин, Стас Ноев feat. Филл - Эппэтэх тылларым.avi. ksywikka. SubscribeSubscribedUnsubscribe 6 ...