Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Кира Иванова - Таптыыр Харах | Текст песни

Pesni.guru - сайт для Гуру

1. Халлаан дьирим сулуhун
Мин сүрэхпэр бигиирим
Дьоллоох тунал ыйдаҥа
Долгунугар мунарым
Таптыыр харах арахпат
Уотун түөспэр көтөхпүт
Ол сулустаах турукпун
Суохтуур буоллум билигин

П-в Таптыыр харах уоланым
Ханнаҕыный билигин
Арай бүгүн көрсүhүүм
Аймыаҥ этэ дуо миигин

2. Ааспыт кэмим ол кэрэ
Өйдөбүлүн бэркэ
Өспөт санаа күүhүнэн
Төннөн кэллим эйиэхэ
Хайгыыр харах хаарыhын
Уоттуун суохтуур быhыынан
Аhый гынар сытыытык
Арыт сүрэх билигин

3. Аттыгар эрэнэбин хайаан да баар буолуом
Күүскэ тэбэр сүрэхпин холбуом
Бу сиргэ бииргэ күүскэ үөрүөхпүт
Сүтүөхпүт арай истиҥ иэйиигэ көтүөхпүт
Даа эрэл кыыма тырымныы умайар
Уhун аартык суолбун эйиэхэ ыйар
Субуллар ыллык суоллар
Сэгэрбэр сирдииллэрэ буоллар
Саныыр санаам туоллар

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-