Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Күннэй уонна Саша Лукин - Саҥа Саас | Текст песни

(Күннэй)
Саас сырдык чэгиэнэ санаабар эргийдэ,
Ыам ыйын мичээрэ тулабар сэгэйдэ,
Туох эрэ дьоллооҕу сюрэҕим битэҥнээн
Бүтэйдии үөрүүгэ бүтүннүү бэриннэ.
Кэллиҥ дии, кэрэ саас,
Кэпсээним саҥа саас..

(Саша Лукин)
Сандал сааһы (Сандал сааһы)
Үөрэ көрсөр (Үөрэ көрсөр)
Сахам дьоно, бар дьонум.

(Саша Лукин)
Сир Ийэ үөрдэ,
Буор Ийэ үөрдэ,
Эмиэ сиэмэ ыьыллан,
Эмиэ кэрэ, эмиэ сырдык
Кэскил ырыаланар...

(Күннэй)
Саҥа саас мин саҥа ырыабар тылынныҥ,
Сандаарар үрдүккэ санаабын көтөхтүҥ,
Махталбын - ырыабын
Маанылаан биэрэбин,
Эһиил саас мин дьиэбэр эйигин күүтэбин.
Кэллиҥ дии, кэрэ саас,
Кэпсээним саҥа саас...

(Саша Лукин)
Сандал сааһы (Сандал сааһы)
Үөрэ көрсөр (Үөрэ көрсөр)
Сахам дьоно, бар дьонум...

(Саша лукин)
Тыаһыы-ууһуу уьугунна
Дойдум сааскы үрэҕэ,
Ол сугунтан уулунна
Мин Ийэ дойдум сүрэҕэ..
Бу түгэҥҥэ салаллар
Мин түбүктээх төбөбөр
Бардам баҕа санаалар
Миигин кююрдэ көбөллөр

(Бииргэ)
Ыраай курдук алааһым
Тумул тыата-арыыта
Тала истэр мин дууьам
Алаас аптаах ырыатын

алаас аптаах ырыатын,
тала истэр мин дууьам
алаас аптаах ырыатын..

кэрэ сааааааас....

Сандал сааһы (Сандал сааһы)
Үөрэ көрсөр (Үөрэ көрсөр)
Сахам дьоно, бар дьонум...
Сандал сааһы (Сандал сааһы)
Үөрэ көрсөр (Үөрэ көрсөр)
Сахам дьоно, бар дьонум...

Күннэй уонна Саша Лукин еще тексты


Видео
Нет видео
-
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1