Эйиигин аларга көрсөөрү,
Сиэттиһэн сэргэстии хаамсаары...
Эн нарын тарбаххын тутаары,
Эн сэргиир тылларгын истээри,
Сииппэх от устунан оргуйдук,
Эйиигин кэтэһэ хамабын,
Сибиэһэй сибэкки сытынан,
Наҕыллык дуоһуйа тыынабын...
Ол көмүс сардаҥа утаҕа,
Таммахха чаҕылла оонньоото,
Куотуо диэн сэрэнэн ааттаһан,
Наҕыллык уһуннук уурата,
Симик тыал миэхэҕэ сипсийэр,
Ыксама кэтэс диэн сипсийдэ,
Уонна дьэ арахсан барбакка,
Миигинниин сэргэстии сырытта...
Эйигин аларга көрсөөрү,
Эйиэхэ сибэкки биэрээри,
Эйиэхэ биир тылы этээри,
Сүрэҕим кистэлин аһаары...
Сииппэх от устунан оргуйдук,
Эйиигин кэтэһэ хамабын,
Сибиэһэй сибэкки сытынан,
Наҕыллык дуоһуйа тыынабын...
Константин Степанов еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2