Аламай сааскыны аҕала
Аттыбар куруутун баар буолууй,
Күн курдук, ый курдук батыһа
Бараммат сырдыгым, эн буолууй.
Хос ырыата:
Эн буолууй, мин ырам кыната
Сайыным саймаарар салгына,
Күһүнүм көмүстээх күнүһэ,
Кыһыным кырдьыбат эрэлэ
Эн буолууй, баар буолууй…
Баар буолууй аал уотум иннигэр
Алгыс тыл алкыйар кэмигэр,
Анараа дойду да аартыга
Арыллар аналлаах чааһыгар.
Хос ырыата.
Алааһым айгыта буолаҥҥын
Аттыбар куруутун баар буолууй,
Айыы күн таҥарам буолаҥҥын
Аламай мичээргин анаарыый.
Хос ырыата.
Кюннэй еще тексты
Другие названия этого текста
- Уля Сергучева - Баар буолууй (2)
- Куннэй - Баар буолууй (0)
- Кюннэй - Баар буолууй (0)
- Куннэй - Баар Буолууй [Якутия] (0)
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2