ДЬОКУУСКАЙ КУОРАТЫМ Печать
Н. Дьяконов тыллара
Тус хоту кыраайым тулуурдаах дьоннорун
Дьоллорун биһигэ – Дьокуускай куоратым.
Сүүс омук бырааттыы сүбэтин түмэҥҥин
Күн ахсын сайда тур, Дьокуускай куоратым!
Хос ырыата:
Бульваргар, садтаргар үөр чыычаах мунньустан
Үөрүүгүн туойаллар, Дьокуускай куоратым.
Өй-санаа күүһүнэн, үлүскэн үлэнэн
Дохсуннук сайда тур, Дьокуускай куоратым.
Алмааһыҥ, көмүһүҥ ахсаабат быйаҥын -
Дойдуну байыттыҥ, Дьокуускай куоратым.
Кэскилгин киэргэтэр тимир суол кэлэрин
Долгуйа күүтэбин, Дьокуускай куоратым.
Хос ырыата.
Тус хоту кыраайым тулуурдаах дьоннорун
Дьоллорун биһигэ – Дьокуускай куоратым.
Сүүс омук бырааттыы сүбэтин түмэҥҥин
Күн ахсын сайда тур, Дьокуускай куоратым!
Хос ырыата.
Людмила Спиридонова еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1