Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Майя Сергина - Арай... (2015) | Текст песни

Pesni.guru - сайт для Гуру

Ол чуумпу алааска санаабын ыһыаҕым,
Ол турар хатыҥҥа салама ыйыаҕым,
Сипсийиэҕим,
Мин сиэтиэм: "Илиигин миэхэ уун"...

Хос-ырыата:
Арай мин урут эппит буоллум тапталым тылларын,
Инникибит биһиэнэ хайдах буолуо этэй?
Сүрэҕим эйиэхэ талаһар, дьол суолун батыһар,
Аттыгар күн-ый буолан арыаллыан баҕарар.

Тапталбын үрүҥ илиискэ ойуулаан,
Кистэлэҥ санаабын ырыабар хоһуйан,
Сипсийиэҕим,
Мин сиэтиэм: "Илиигин миэхэ уун"...

Хос-ырыата.


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-