Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Мира Максимова - Умнуом дуо (хоптолор) | Текст песни

Сир үрдүгэр баар саамай кыраһыабай
Алааһы көрдөрбүтүҥ эн миэхэ.
Харахпар хатанна ол чуумпу киэһэ
Былыттар быыстарынан ый устара.

Ол онно хоптолор
Аймана көтөллөр.
Ол онно эн биһи
Көрсүбүппүт.
Умнуом дуо алааһым
Тииттэрдээх сыырдарын,
Хоптолоох биэрэгин,
Эйигин!

Тиийиэм дуо аны ол кэрэ алааспар?
Истиэм дуо аны хопто хаһыытын?
Төннүбэт эдэр саас көмүс күннэрин
Өйдөөн-санаан долгуйан ылыам дуо аны?

Ол онно хоптолор
Аймана көтөллөр.
Ол онно эн биһи
Көрсүбүппүт.
Умнуом дуо алааһым
Тииттэрдээх сыырдарын,
Хоптолоох биэрэгин,
Эйигин умнуом дуо!

Другие названия этого текста
  • Туяра Харитонова - Умнуом дуо (Хоптолор) (0)
  • Мира Максимова - Умнуом дуо (хоптолор) (0)
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
    Нет видео
    -