"Таптыыр эбиппин" Мичил
1. Кэрэ да кыыс мин сүрэхпин уматта
Ити кырдьык, ити сымыйа буолбатах
Кини мин олоҕум кэриэтэ
Ол туhунан кыратык этиэм этэ
Кыыс оҕото олуhун үөрдэр
Кини куолаhа миигин үөрдэр
Сордуур дуу кыыс эбэтэр
Миигин таптыырга үөрэтэр
Олуhун кэрэ кини мичээрэ
Уйулҕам уоскуйар кинини көрө-көрө
Эн буоллуҥ сүрэҕим сүмэтэ
Эн буоллуҥ күнүм мичээрэ
Халлааҥҥа тыгаллар
Эн курдук сулустар
Ону кытары тэҥҥэ эн баарыҥ
Миигин олус долгутар
Дьикти түгэни мүччү туппаккабын
Кэпсэтэбин кыбыстыбаккабын
Билэбин эн аттыбар бааргын
Билэҕин эн эйигин астынарбын
Миэхэ мичээрдээ, миигин таптаа
Сүрэхпин букатын сүүйэн ылаҥҥын миигин аптаа
Х/ы Астынар эбиппин
Эн бааргына аттыбар сулус
Таптыыр эбиппин
Эн нарын бэйэҕин кистэлэҥ кыыс
Эйигин көрсөөрү барытын толоруом
Эйигин кууhаары барытын биэриэм
2. Ардах анныгар күлсэ турабыт
Аа-дьуо дьиэҕэр атаарабын
Барытын уурабын санаабын
Тоҕо күндүтэй эн баарыҥ
Хараҥа түүн, толкуй ол кэннэ
Буолуо дуу миэхэ кэргэним
Ол түгэним буолар кэмигэр
Кэлиэ ду кини миэхэ киэргэнэн
Айабын кини туhунан ырыаны
Сүрэхтэн сүрэххэ бэриллэр сыhыаны
Истиий ду сэгэриэм мин этиибин
Эйигин олуhун сэргиибин
Yрүҥ күн уота үөhэ күлүмнүүр
Ол аата биhиги сыhыаммыт
Таптал диэни көрдүүр
Мичил еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2