Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Надя Юмшанова - Сулус (2011) | Текст песни

Халлааны одуулуу, сулус соноордуу
таҕыстым бүгүн ис санаам хоту.
Сүрэх этэринэн, ыйан биэрэринэн,
мин эйиэхэ үҥэбин.

Мин төбөм үрдүнэн сулуhум умайар,
тулалыыр эйгэбэр олох эргийэр.
Халлааҥҥа тыга, Сири сырдата,
Сулуhум уота, хаhан да сүтүмэ!

Хараҥарыа, көстүбэт буолуо, -
оччоҕо миэхэ сулуhум тахсыа.
Сүргэбин көтөҕүө, аартыкпын арыйыа,
күн буолан чаҕылыйа.

Мин төбөм үрдүнэн сулуhум умайар,
тулалыыр эйгэбэр олох эргийэр.
Халлааҥҥа тыга, Сири сырдата,
Сулуhум уота, хаhан да сүтүмэ!

Олоҕум суолун устунан
мин эйиэхэ сүүрэн иhэбин.
Олуhун көрүөхпүн баҕарабын
хаhан даҕаны мин өлбөт сулуспун.

Өрүүтүн миэхэ эрэлим баар -
сулус тыгарын тухары тыынар.
Ханнык да кэм буоллаҕына өйүүр.
Халлаан киинигэр Кун уота күлүмнүүр.

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
    Нет видео
    -