Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Надя Юмшанова - Суол устун | Текст песни

Көр – халлааным эйиэхэ..
Мин сулус буолуом сотору.
Кутум-сүрүм үөһээ көтөн, умайда.
Мин аанньалбын мантан ыла.
Түүн, үрүйэ уута,
Ыйдаҥа туолуута,
Эйиэхэ тыгыаҕа
Бүгүн эйигин эрэ көрөбүн
Хатыҥым анныгар олоробун.
Сүрэхпэр ыллаан суруйабын –
Эн уонна мин.
Көтүтэн-*** атаараҕын,
Күлүк буолан көстөҕүн,
Тохтоо, сабыма ааны,
Биэр миэхэ биир тылы..

Суол устун ол биэрэк үрдүгэр
Ый сырдатар уотугар..
Эн биһи хаамсыахпыт сиэттиһэн.
Түүн, хараҥа,
Ый көрүнэр күөлгэ,
Мин күлүкпэр уот эрэ өрүнэр.

Тут ардахтаах ырыабын.
Мин чуорааным тыаһаатын!
Хаһан эмит эйигин мин булуоҕум,
Уонна гитаранан ыллыаҕым.

Түүн, үрүйэ уута,
Ыйдаҥа туолуута,
сулуһум тыгыаҕа
Бүгүн эйигин эрэ көрөбүн
Сүрэхпэр ырыа ыллаан суруйабын,
Өйөнөн олбуорга мин кыһабын -
Эн уонна мин.

Көтүтэн-*** атаараҕын,
Күлүк буолан көстөҕүн,
Тохтоо, сабыма ааны,
Биэр миэхэ биир тылы..

Суол устун ол биэрэк үрдүгэр
Ый сырдатар уотугар..
Эн биһи хаамсыахпыт сиэттиһэн.
Түүн, хараҥа,
Ый көрүнэр күөлгэ,
Мин күлүкпэр уот эрэ өрүнэр.


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-