Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Надя Юмшанова - Ыллаа | Текст песни

Түүн мин кыһабын
остуолга хоһооммун.

Түүн, аньыылаах түүн
соҕотоҕун атаарабын.

Айхаллаан ылыам халлааны,
хаанынан тиһиэм ырыаны..

Үктэлгэ илийэ турарым кэтэһэ,
кэлэйбит сир ийэ -
тоҕо ааны хатаатыҥ?

Моойбун хайа быһа,
харах уутун ыга,
испиттэн итийэн
таҕыста айымньым.

Ыллаа, чуорааным, дуораһыйа тыаһаа
үөһээ, халлааҥҥа.
Бар хараны кытары охсуһа,
дойдум туһугар!

Сүүрэбин инникки,
баҕарбаппын мин элбэҕи.
Оонньуута суох этэбин -
сөбүлээбэппин сүүйэрбин.

Тобуктуу түһээт, аллара
харах уутун тоҕобун.
Көрдөһөбүн-ааттаһабын
кыната суох аанньалбын.

Үктэлгэ илийэ турарым кэтэһэ,
кэлэйбит сир ийэ -
тоҕо ааны хатаатыҥ?

Моойбун хайа быһа,
харах уутун ыга,
испиттэн итийэн
таҕыста айымньым.

Ыллаа, чуорааным, дуораһыйа тыаһаа
үөһээ, халлааҥҥа.
Бар хараны кытары охсуһа,
дойдум туһугар!


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-