Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Неизвестен - Children_Of_Asia_2008 | Текст песни

АЗИЯ ЫЧЧАТА
Руслан Тараховскай тыллара уонна мелодията, Өркөн тупсарыыта

Үүммүт күн алгыстаннын,
Сарыалы арыаллаатын,
Кынаттаннын,
Кэскиллэннин!

Аартыкпыт арылыннын,
Санаабыт ыраланнын,
Кынаттаннын,
Кэскиллэннин!

Саха сирэ ньиргийэр,
Туймаада үөрэр-көтөр,
Үүнэр сайдар,
Доҕордоһуу!

Уруй буоллун эһиэхэ,
Мустубут ыалдьыттарга,
Туругуруҥ!
Нөрүөн нөргүй!

Олоҥхо дойдутугар,
Кэскил уотун уматаллар —
Оҕолор,
Ыччаттар!

Ситиһиинэн, дьолунан,
Өрөгөйдөөх кыайыынан
Үрдүктэн үрдүк
Чыпчаалы дабайыҥ!

Children of Asia
Like a free bird a flying to the sky.
Children of Asia
Like a free bird a flying to the sky

Ааҕыаҕыҥ арыллыбытынан
Эйэ дьол оонньууларын!
Азия ыччата! Дети Азии! Children of Asia!
Азия ыччата!

Туругурдун!
Кэскиллэннин!
Кынаттаннын!
Нөрүөн нөргүй!
Сайда турдун!
Оҕо ыччат!
Айхал Мичил!
Айхал! Айхал! Айхал!

Неизвестен еще тексты


Видео
Нет видео
-
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2