\"Бар дьоммор\" Никифор Семенов
1. Бу улуукан киэһэҕэ
Бар дьоммор, эһиэхэҕэ, аҕаллым,
Аҕаллым аҕам алгыһын,
Ахтар ийэкэм илдьитин.
Бу улуукан киэһэҕэ
Бар дьоммор, эһиэхэҕэ, аҕаллым
Эһэм-эбэм эйэтин
Бар дьоннорум алгыһын.
Х/ы Бу улуукан киэһэҕэ
Бар дьоммор, эһиэхэҕэ,
Аҕаллым алаас ырыатын,
Арылхай сибэкки сытын,
Күөлүм хомуһун суугунун,
Күөх саҕах кэрэ суһумун.
2. Бу улуукан киэһэҕэ
Бар дьоммор, эһиэхэҕэ, аҕаллым,
Аҕаллым алаас сылааhын,
Алгыстаах тыалым сиккиэрин.
Бу улуукан киэһэҕэ
Бар дьоммор, эһиэхэҕэ, аҕаллым
Түүлбэр киирэр түптэ сытын,
Тырымнас сулус мичээрин.
Никифор Семенов еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2