Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Николай Слепцов - Мин биллэрэбин | Текст песни и Аккорды

Em.................H7..............Em
Ыҥырыллан барбыта саха уола,
G..................D...........G
Алаhа дьиэтиттэн тэйбитэ,
C..................H7..........Em...................
Кинини атаара хаалбыта сайыҥҥы кустук,
Am...............H7..........................Em............
Күhүҥҥү тыал,кыhыҥҥы чысхааннах тымныылар.

Онтон ыла утуйбат ийэтэ,
Күнүстэри-түүннэри ытыыра,
Сурук суох,сурах иhиллибэт
Соҕотох уолун ийэтэ көhүтэр.

хос ырыата:
Em.............H7.............Em
Мин биллэрэбин аан дойдуга -
G................D...............G..
Сахам сирэ сэриини баҕарбат!
C..............H7.........Em.......
Мин баҕарабын орто дойдуга
Am..............H7..............Em
Уhун үйэлээх дьоллоох олоҕу.

Ол уоттаах кыргыhыы кэмигэр
Кини доҕотторун сүтэрбитэ,
Санаан ылбыта сахатын сирин,
Ийэтин,аҕатын,чугас дьоннорун.

Ким буруйугар оҕунна
Эдэркээн сааhыгар саха уола,
Орто дойду олоҕун билбэккэ
Ийэлээх аҕатыттан букатын бардаҕа.

иккис вариант
куплет/хос ырыата: Am E Am C G C F E Am Dm E Am

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 9
Видео
Нет видео
-