1. Сарсыардааҥҥы күн мин хоспор киирбитэ Ол сырдык сылаас уоттан уhукта биэрбитим Ороммор олорон харахпын симпитим Ол дьикти кэрэ түүлү мин көрдүү сатыыбын Ол хантан кэлбитэй бу кэрэ кыысчаан Кини хара хараҕа мин өйбөр хатанна Кини уhун суhуоҕа мин түөспэр түспүтэ Кини сырдык мичээрэ мин сүрэхпэр иҥмитэ
2. Мин билэбин эн миигиттэн ырааххын Эйиэхэ тиийиэхпин көтөр кынатым суох Ол иhин эйигин түүннэри-күннэри Ахтабын, саныыбын, долгуйа да күүтэбин Баҕар эн эмиэ мин курдук соҕотох Олорор буоларыҥ, буоларын буолуоҕа Ол иhин эйигин түүннэри-күннэри Ахтабын, саныыбын, долгуйа да күүтэбин