Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Павел Семенов - Миэхэ эн мэлдьитин | Текст песни

Миэхэ эн мэлдьитин минньигэс мичээргин
Аныырыҥ буоллар мин
Абылыыр бэйэҕин
Алыптаах ырыабар анааммын туойдарбын,
Аастыйа кырдьыыбар
Астыныах эбиппин

Припев
Билэбин, эн миэхэ мэлдьи чугаскын,
Билэбин, эн миэхэ өрүү ырааххын,
Билбэппин, эн миигин хайдах саныыргын,
Билбэппин, эн кими сэмээр ахтаргын,
Билбэппин, эн кими сэмээр ахтаргын

Миэхэ эн мэлдьитин мааны бэрт майгыгын
Ситэри биллэрэн
Сэлэһэр буолларгын,
Сүрэҕим тылларын
Сааһылаан этэрбэр
Сүрдээҕин таптыырбын
Сипсийиэх эбиппин

Миэхэ эн мэлдьитин хап-хара хараҕыҥ
Дьолунан толорон долгута көрдөргүн,
Бу сиргэ олорон билтим дьол үрдүгүн
Диэн этэн дууһабын
Уоскутуох эбиппин


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 4
Видео
Нет видео
-