"Өскөтүн" Байбал Сэмэнэп
1. Түүлбэр мин ыркыйы быыhынан
Айанныы сатыыбын
Быыкайкаан титирик мастартан
Иҥнэммин тохтуубун
Өскөтүн кынаттаах буолларбын
Күөрэйэн тахсаммын
Нэлэмэн кырдалы түргэнник
Булуом дии саныыбын
2. Түүлбэр мин үрдүк таас хайаны
Дабайа сатыыбын
Yөhэттэн таммалыыр таастартан
Иҥнэммин тохтуубун
Өскөтүн кынаттаах буолларбын
Yрдүккэ күөрэйэн тахсаммын
Бу очуос чыпчаалын буламмын
Yөрүөм дии саныыбын
3. Түүлбэр мин киэҥ байҕал үөhүгэр
Соҕотох хаалбыппын
Баар сэниэм барыта баранан
Ыксалга киирбиппин
Өскөтүн кынаттаах буолларбын
Күөрэйэн тахсаммын
Баҕалаах хампа күөх кытылбар
Тиийиэм дии саныыбын
4. Күнтэн күн көрөбүн бу түүлүм
Оруннаах эбитин
Талаhар кирбиибин булуохпун
Кыах тиийбэт эрэйин
Өскөтүн кынаттаах буолларбын
Yрдүккэ күөрэйэн тахсаммын
Бу омурбут бу чуумпу олохпун
Сөргүтүөх эбиппин
Павел Семенов еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 4