Эн уонна мин сулуспут халлаантан сырдыктык тыгар Эн оруу буол тапталлах кэргэним мин аттыбар Маннайгы таптал иэйиитэ мин сурэхпэр умайар Сырдык саннаам эйиигин орто дойдуга таптыыр
1 Коробун эн хараххар мин бэйэбин Эйиэхэ эрэ мин тапталга билинэбин Сурэ5им иэйиитин эйиэхэ арыйабын Эн ырааххар мин тууннэри санааргыыбын
Бэлэхтээтим мин эйиэхэ кып кыракый киhини Эн уонна мин курдук саха нарын кыысчаанын Кини буолар биhиэхэ киэн туттар киhибит Куускэ таптыыр кып кыракый о5обут
Мин дьоллоохпун диибин бу дойдуга бэйэбин Эйиигин талбыппыттан мин отой кэмсиммэппин Эйиигин эрэ мин олус куускэ таптыыбын Ол эрэн кыракый киhибин умнубаппын
2 Мин эйиигин ахтабын саныыбын оруутун Эн курдук кыыhы син биир мин булбаппын Кордорууй миэхэ эн кэрэ мичээргин Ахтабын мин эн тэтэркэй имнэргин
Ханна да бардарбын синэ биир таптыам Эйиигин эрэ мин оруутун саныам Эн миигиттэн ырааххын тулуйбаппын Хаhан кэлэргин билбэппин ыйытабын