Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Петр Кулаковскай - Хотой | Текст песни

Түгэҕэ суох хотугу халлааҥҥа
Көтө дайар аарыма көтөр
Ол үрдүк киэн куйаар салгыҥҥа
Үөһэттэн аан дойдуну көрөр
Суох орто дойдуга ол кыыл курдук
Суох бу сиргэ киниттэн ордук
Оннооҕор сур бөрөлөр саллаллар
Күлүгүттэн куотан саһаллар

Киэн халлаан, таас хайа тойоно
Муус дойду хоту сир хотойо
Киэн халлаан, таас хайа тойоно
Муус дойду хоту сир хотойо

Көрөбүн кинини арай түүлбэр
Күн аннынан көтөр үрдүбэр
Истэбин ол онно хаһыыны
Доҕорун ыҥырар чыскыырын
Көрдөөмө кырдьаҕас эн доҕоргун
Истибэт кини эн тойуккун
Ол эрэн сурэххэр тыыннаах буоллун
Көрдүүр үрдүк хайатын буллун

Киэн халлаан, таас хайа тойоно
Муус дойду хоту сир хотойо
Киэн халлаан, таас хайа тойоно
Муус дойду хоту сир хотойо

Көрө туран хаалабын эйиигин
Туохтан да самныбат бэйэҕин
Көтө турдун сир ньуурун батыһа
Куөх халлаан сырдык күн аргыһа

Петр Кулаковскай еще тексты


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2
Видео
Нет видео
-