Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Понсаш уонна Конон Ноговицын - Билсиhиэх | Текст песни

Кэрэ кыыс аттыбынан ааhыма,хайыс,ыйыт
Em.............................................
Ааппын,сааспын,хантан сылдьарбын,
C.............................................
Көрүөҕүҥ ол күн саҕахтан тахсарын,
D........................................
Көрсүөҕүҥ бу күммүт уратытын.

Арай мин билсибит буоллум дуу
Эйигин кытары эрдэттэн,
Миигинниин сиэттиhэн барсыаҥ дуо,
Бу олох уйгулаах суолунан?
Арай мин алҕаска мунаммын
Аргыыйдык тоҥсуйдум эн ааҥҥын,
Көрүөм дуу эйээргиир мичээргин,
Истиэм дуо \"киир\" диэн этэргин?
Арай мин алҕаска таарыйыам
Сып-сылаас сымнаҕас илиигин,
Билиэм дуу долгуйуу бэлиэтин,
Туох дии саныыргын эн миигин?
Арай дуу алҕаска эн биhи
Ыгастык куустуhан туруохха,
Көрүөм дуу иhирэх иэйиини
Соhуйбут хап-хара хараххар?

Халлааҥҥа былыттар усталлар
Кинилэр бу ханна тиийэллэр,
Сороҕор чугаhаан ылаллар,
Ардыгар хардарсан хаалаллар.
Бу диэн мин билбэппин эйигин,
Ол эрэн суохтуубун бэлиэрин,
Мин суолбар иккистээн эргилин
Көhүн дуу,көhүн дуу сэгэриэм.
Билбэппин эн хайдах туппуккун
Мин эдэр төлөннөөх сүрэхпин,
Ааhыма,барыма,тохтуу түс
Кэпсэтэ түhүөҕүм кэрэ кыыс.

Понсаш уонна Конон Ноговицын еще тексты


Другие названия этого текста
  • Понсаш уонна Конон Ноговицын - Билсиhиэх (0)
  • Ponsash feat. Конон Ноговицын - Билсиhиэх (0)
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-