"Эн эрэ" ПонСаш
1. Эйигин санааммын бүгүн эмиэ
Биир үтүө күнү халтайга атаардым мин
Арай бу хоспор соҕотох хаалан
Суруктаргын ааҕабын
Хап-хара харахтаргар көрбүтүм
Тапталынан умайар кутаа уотун
Сып-сылаастык уураан ылбыппын мин
Билбэтэҕим бүтэhигин
Х/ы Эн эрэ буоллуҥ мин үҥэр таҥарам
Эн эрэ буоллуҥ мин сүрэҕим аҥара
2. Өйдүүгүн ол кэрэ күннэрбитин
Дьоллоохтук атаарбыт үрүҥ түүннэрбитин
Аны кэлэн ол төннүбэт кэмнэр
Мин өйбөр эрэ бааллар
Нап-нарын бэйэҕин олус көрүөхпүн
Баҕарбатаҕым да иhин суоххун аттыбар
Тоҕо Дьылҕа Хаан маннык оҥордо
Тапталбытын тоҥордо
Понсаш еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2