Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Преклоняйся, потомок саха - Сүгүрүй, үс саха төрүөҕэ | Текст песни

Сүгүрүй, үс саха төрүөҕэ

Күн өркөн улууһун, айыы-хаан аймаҕын
Хараҥа күүстэртэн, идэмэр илбистэн
Көмүскүүр, харыстыыр ньургуннуу дуулаҕа
Эн этиҥ, Күлүмнүүр, хараҥа сахаҕа

Күлүмнүүр - өркөн өй Күлүмнүүр,
Өргөстөөх өй-санаа күлүмнүүр.
Сүгүрүй, үс саха төрүөҕэ!
Айхаллаа, урааҥхай удьуора!

Эн этиҥ, бар дьонун туһугар Кудаҥса
Үөһэттэн үөтүүлээх кылыһын көтөхпүт
Норуотун сайдарын, үүнэрин туруорса
Олоҕун анаабыт биир өркөн өйдөөхпүт

Күлүмнүүр - өркөн өй Күлүмнүүр,
Өргөстөөх өй-санаа күлүмнүүр.
Сүгүрүй, үс саха төрүөҕэ!
Айхаллаа, урааҥхай удьуора!

Саханы саргылыыр сайаҕас санааҕын
Хаайыы да хамсаппат, өлүү да өһөрбөт,
Эн Эллэй Боотургун, эн Сүрдээх Дүпсүҥҥүн,
Өлүүгэ бэриммэт өрөгөй төлөҥҥүн.

Күлүмнүүр - өркөн өй Күлүмнүүр,
Өргөстөөх өй-санаа күлүмнүүр.
Сүгүрүй, үс саха төрүөҕэ!
Айхаллаа, урааҥхай удьуора!

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-