Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата
1 ырыа:
Сахам сирэ дьоллоох тускуга
Саһарҕалыы ыҥыра ыллыыр.
Илинтэн арҕаа ол кустуга
Алмаас таас курдук сандаара сырдыыр
Хос ырыа:
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Арассыыйа киэн туттуута,
Өркөн өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!
2 ырыа:
Үллэр үөстээх Өлүөнэ Эбэ
Өлбөт мэҥэ угуттуур уулаах.
Элбэх омукка эрчим эбэр,
Или-эйэни олохтуур уохтаах.
Хос ырыа:
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Арассыыйа киэн туттуута,
Өркөн өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!
3 ырыа:
Ааспыт кэммит айхаллаах суола
Арчылыыр аар алгыһын биэрдэ.
Сахабыт сирэ дьоһун, дуолан
Сайдыы аартыгар түөрэҕэ түстэ.
Хос ырыа:
Барҕа быйаҥнаах Сахам дойдута
Модун Арассыыйа киэн туттуута,
Өркөн өрөгөй тойугун туойдун,
Үүнэр үйэҕэ үрдүү туруохтун!
Өрөгөй еще тексты
Другие названия этого текста
- Өрөгөй - Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата (0)
- Өрөгөй - Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата (0)
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 3