Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Радивер & Ирена Файрушина - Кер | Текст песни

П-в Аптаах үҥкүү тулатыгар эн биhи иккиэн
Туохтан да кыбыстыма уолчааным эн
Тугу да толкуйдаама
Тугу да санаама
Эн аттыгар мин баарбын долгуйума

1. Көр, хайдах курдук эйигин көрөллөр ол көр
Хайдах курдук эйигиттэн иирэллэр көр
Астыналлар көр, ымсыыраллар
Маннык буолар түгэнтэн күнүүлүүрүм күүhүрэр
Оо тулуйбат эбиппин олох тулуйбат миигинниин оонньуургун
Оо тулуйбат эбиккин олох тулуйбат эйигиннэн оонньуурбун

П-в Аптаах үҥкүү тулатыгар эн биhи иккиэн
Туохтан да куттаныма кыысчааным эн
Тугу да толкуйдаама
Тугу да санаама
Эн аттыгар мин баарбын долгуйума

2. Эн иhит ду сүрэҕим тэбэрин долгуҥҥа эн
Өйдөө ду барыта эн эрэ тускар эн
Чугаhаа ду мин сылаас уоспар
Эйигин ымсыырабын уолчаан
Оо тулуйбат эбиппин олох тулуйбат миигинниин оонньуургун
Оо тулуйбат эбиккин олох тулуйбат эйигиннэн оонньуурбун

П-в Аптаах үҥкүү тулатыгар эн биhи иккиэн
Туохтан да кыбыстыма уолчааным эн
Тугу да толкуйдаама
Тугу да санаама
Эн аттыгар мин баарбын долгуйума

Көр, хайдах курдук эйигин көрөллөр ол көр
Хайдах курдук эйигиттэн иирэллэр көр
Астыналлар көр, ымсыыраллар
Маннык буолар түгэнтэн күнүүлүүрүм күүhүрэр...

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-