Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Раиса Захарова - Бырааhаай куэх сайын барахсан | Текст песни

БЫРАҺААЙ, КҮӨХ САЙЫН БАРАХСАН Печать
Валерий Ноев тыллара

Үөһэнэн ааһаллар турууктуу
Туруйалар.
Куруук күөх дойдуга көтөллөр,
Ыллыыллар:
«Быраһаай күөх сайын барахсан,
Эһиил көрсүөххэ диэри».
Төрөөбүт маардарын үрдүнэн
Кырыйа көтө
Кырдьаҕас туруйа эппитэ
Кэриэһин:
«Баҕар мин эргиллиэм суоҕа,
Быдан дьылга бырастыы!»
Арай уол туруйа аҕатын
Санаатын көтөҕөр:
«Суох, аҕаа, төннүөхпүт биһиги
Эргиллэн,
Быраһаай, күөх сайын барахсан!
Эһиил көрсүөххэ диэри».
Кэрэ саас эргиллиэ,
Кэлээриҥ,
Мин күүскэ кэтэһиэм,
Оччоҕо көрсүһүү ырыатын ыллыахпыт,
Ол кэрэ кэмҥэ дылы, этэҥҥэ
Эһиил көрсүөххэ диэри!
Быраһаай, күөх сайын барахсан,
Эһиил көрсүөххэ диэри!

Раиса Захарова еще тексты


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-