Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Өркөн & Харысхан - Уонна хайаан | Текст песни

Уххан тыллара

Мин умайар уоһум сылааһын эн билбэтэҕиҥ,
Мин кууһар илиим куйааһыгар эн сыраллыбатаҕыҥ,
Мин ыралаах сүрэҕим ырыатын эн истибэтэҕиҥ,
Мин иэйэр кутум сылааһыгар эн сайдарбатаҕыҥ.

Хос ырыата:

Уонна, уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин ахтыаҥый,
Уонна, уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин саныаҥый?
Уонна, уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин ахтыаҥый,
Уонна, уонна хайаан, уонна хайаан эн миигин саныаҥый?

Мин эйиэхэ талаһыым сүрэхпэр сөҥмүтэ,
Мин эйиэхэ ахтылҕаным түөспэр куулайбыта,
Мин эйиэхэ баҕарыым быарбар умайбыта,
Мин эйиэхэ тапталым тугу барытын тулуйбута.

Хос ырыата.

Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-