1. Салгын сүүрээн салгыйа сайаҕастык саҥарар.
Самаан сайын тылынан салаан ылар салбанан.
Сайдам имнээх илиитэ сымнаҕастык илгийэр.
Оһуор-ойуу айылҕа
Оһуор-ойуу айылҕа
2. Сайа сүүрэ тыыннара, санныларга тайанан,
Сыламынан илгийэр санаалары уйгуурдан,
Уйгу-быйаҥ куйаартан ууна сылдьан эргийэн,
Улдьаарыйа дьаарбайан, дьаалытынан кэрийэр.
Оһуор-ойуу айылҕа.
3. Айгыр-силик майгыта, атаан-мөҥүөн оонньуута,
Абылаҥын тардыыта, аны, урут даҕаны,
Атын кэмнэр дьоннорун, амма тыыннаах куттарын,
Аймаһыта күөдьүтэн, аҕыннара туойтарыа.
Оһуор-ойуу айылҕа
Оһуор-ойуу айылҕа
4.Кэрэ ача күөхтэри кэккэлэтэн кэбиһэн,
Кэлэр дьылын кэһиитин кэмэ суохтук тосхойон,
Тохтоон туран хаалбакка, толоон-ойуур аайытын,
Толуу оттоох отону торолута чуоҕутар.
Оһуор-ойуу айылҕа
Оһуор-ойуу айылҕа
5. Оччолорго даҕаны оҕо аймах дьоннорго,
Оонньуур, ыллыыр кэмнэргэ, одууланар киэргэлэ
Кэрэ-нарын көстүүтэ, кэпсии турар сэһэнэ,
Хоһооннорго хосуһан, хоһуйуллан этиллиэ.
Оһуор-ойуу айылҕа
Оһуор-ойуу айылҕа
Оһуор-ойуу айылҕа
Саарын еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2