Сахам Сирэ барахсан!
Үрүҥ эһэ арҕаһыныы
Үллэр бааллаах хоту байҕал
Кытылыгар айар, ыллыыр
Сахам сирэ барахсан.
Оо, төрөөбүт күндү дойдум,
Таптыыбын эн ырыаларгын.
Хара улар хааһын курдук
Аалай кыһыл сарыалгын.
Олоҥхо да кыраайыгар
Эн хомуһуҥ тыаһын суохтуом,
Ханнык да сир халлааныгар
Эн сулускун мин булуом.
Ыалдьар күммэр мин аттыбар
Эн хатыҥын санаарҕаатын,
Үөрэр күммэр мин тулабар
Эн чыычааҕын ыллаатын.
Киирбэт күҥҥүн сүрэх курдук
Түөспэр өрүү илдьэ сылдьыам,
Көҥүл, модун Ийэ дойдум
Киэн дуолун сырдатыһыам
И. Гоголев-Кындыл тыллара, Г. Григорян музыката.
Саарын еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2