Гуру Песен Популярное
А Б В Г Д Е Ж З И К Л М Н О П Р С Т У Ф Х Ц Ч Ш Э Ю Я
# A B C D E F G H I J K L M N O P Q R S T U V W X Y Z

Сахалар - Саха ырыата | Текст песни

САХА ЫРЫАТА

Тыгын кырдьаҕас саҕыттан
Тымыр сыдьаан тылламмыт
Тырыттыбат ньыгыл дьылҕалаах
Тыйыс саха аатыран
Тыыллан үөскээн иһиэҕиҥ!

Хос ырыата
Саргы дьаалы улааттын,
Сахалыы саҥа сатараатын,
Саха омук сайыннын!
Уруй, уруй, уйгу,
Айхал, айхал, талба!

Үгүс элбэх үйэлэргэ
Үөрдүһэн-ханыылаһан үөскээбит
Үрүҥ дьөһөгөй өллөйдөөх,
Өрөгөй талаан үктэллээх
Өбүгэ саха буолабыт.
Хос ырыата

Халыҥ үгүс дьылларга
Ханыылаһан-хассан үөскээбит
Хаалбат сүппэт хааннардаах,
Хасса буурай ханыылаах
Халыҥ саха буолабыт.
Хос ырыата

Самнан түспэт саргыга
Салаллан-тэриллэн үөскээбит
Сайаҕас-дьэҥкэ санаалаах,
Саргы бөҕө дьайыҥнаах
Саха урааҥхай буолабыт.
Хос ырыата

Урусхан уохтаах күннэргэ
Умуллан-самнан биэрбэтэх
Уруй-туску оҥоһуулаах,
Одун-буурай уруйдаах
Урааҥхай саха буолабыт.
Хос ырыата

Үлүгэр алдьахай кэлиитигэр
Үүнэр-үрдүүр үгэстээх,
Үллэр-күөрэйэр өрөгөйдөөх,
Үөмэн тиийбэт үрүттээх
Үтүө саха буолабыт.
Хос ырыата

Дүрбүөн-дарбаан күннэргэ
Түһэн-охтон биэрбэтэх
Төлкө-түөрэх дьүөрэлээх,
Төрүт саха төрүөхтэрэ
Төбүрүөн түмсэн турабыт.
Хос ырыата
1919 с.


Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 1
Видео
Нет видео
-