1. Долгуйа ахтарбын, саныырбын
Ыйдаҥа сырдыга тиэрдиэҕэ,
Эйигин олустук таптыырбын
Сиккиэр тыал сипсийэн ааhыаҕа.
Сүрэхпэр мэлдьитин эн бааргын
Чаҕылхай сааскы күн санатыа,
Дууhалыын долгуйан күүтэрбин санатыа
Маҥнайгы ньургуhун.
П-в Истиий дуу мин ырыам тылларын,
Эйигин олустук таптыырбын.
Истиий дуу сүрэҕим иэйиитин,
Сып-сылаас, нап-нарын тылларбын.
Саҥа күн үүнэрин кэтэhиэм,
Сорох түүн утуйбат буоларбын.
2. Эйиэхэ тапталым ырааhын
Күөрэгэй тойугар туойуоҕа.
Эн эрэ бааргына дьоллоохпун
Саhарҕа тахсыыта кэпсиэҕэ.
Түүн түүhээн эйигин көрөрбүн
Чаҕылхай сулуhум санаттын.
Бу этэр мин тыыннаах тылларбын
Көмүөл тыал эйиэхэ тиэрдиэҕэ.
Святослав Эверстов еще тексты
Оценка текста
Статистика страницы на pesni.guru ▼
Просмотров сегодня: 2